Все новости
СТАЛИНГРАДСКАЯ БИТВА - 70
- Информация о материале
- Автор: Пресс-служба Якутского рескома КПРФ
- Категория: В России
Городу на Волге верните Имя Славы!
СТАЛИНГРАДСКАЯ БИТВА - 70
Никакого «сухого закона» не было
- Информация о материале
- Автор: Пресс-служба Якутского рескома КПРФ
- Категория: В Якутии
Никакого «сухого закона»не было |
22.11.2012 |
|
Е.К. ЛИГАЧЁВ. В 1985—1990 годах — член Политбюро, секретарь ЦК КПСС. Опровержение домыслов об антиалкогольной кампании в советское времяЗамечено, что каждый всплеск «внимания» к проблеме алкоголя в обществе сопровождается измышлениями и домыслами в адрес антиалкогольной кампании в советское время, в 80-е годы прошлого столетия. Нагромождены целые горы лжи, и, казалось, приписать что-либо ещё невозможно. Но нет конца измышлениям. Нынешняя власть не может согласиться с тем фактом, что при социализме можно было побороть вековое зло — пьянство.
ПРЕДСЕДАТЕЛЬ Совета Федерации Валентина Матвиенко в интервью газете «Известия», опубликованном 11 октября 2012 года, представила упомянутую антиалкогольную кампанию в виде «сухого закона», «вырубки всех виноградников», которые, дескать, «до сих пор мы восстановить не можем… Тогда принимались меры избыточного характера и, к сожалению, результата не дали». Всё это взято из помойки антисоветизма. Итак, по порядку. Прежде всего следует отметить, что антиалкогольная кампания началась не по прихоти советского руководства страны, а по требованию широких масс трудящихся. Авторы многочисленных писем в ЦК КПСС, в Правительство СССР, в средства массовой информации требовали избавить их от пьяниц, а семьи — от страданий и мучений. То был стон жён и матерей, теряющих мужей, сыновей. Дети теряли отцов. Отзываясь на эти пожелания, советское руководство определило цели кампании и комплекс мер для их достижения. Задача — сберечь и умножить народ, повысить его работоспособность, укрепить семью. Главным в работе партии, всего трудового народа по избавлению общества от пьянства было непрерывное улучшение условий жизни людей, создание здорового образа жизни. Вспоминается: когда в Томске с населением 500 тысяч человек в воскресенье становились на лыжи свыше 120 тысяч, то не хватало лыж. Поэтому организовали их производство, соорудили освещённые трассы, чтобы можно было совершать лыжные прогулки по вечерам после работы. Никакого «сухого закона» не было. Производство водки было сокращено на 40%, а выпуск шампанского возрос на 50%, объёмы производства коньяка сохранились на прежнем уровне, а вот изготовление плодово-ягодной «бормотухи» было прекращено. Если все виноградники вырубили, то из какого сырья изготавливались шампанское и коньяк? Сбор винограда до и после антиалкогольной кампании составлял 5—6 миллионов тонн в год. Площадь виноградников составляла 1 миллион 260 тысяч гектаров и 1 миллион 210 тысяч гектаров соответственно до и после начала антиалкогольной кампании. Все эти данные взяты из государственных статистических справочников. Напомню об одном случае. Однажды во время работы Съезда народных депутатов СССР один из ярых антисоветчиков А. Собчак заявил, что в Краснодарском крае идёт вырубка виноградников. Депутаты оценили это как злостное враньё и попросили господина Собчака побывать в крае и указать, где именно рубят виноградники (готовы были расходы на поездку взять на себя). После этого, что называется, его и след простыл. Сейчас чуть ли не главной мерой в борьбе с пьянством намечается организация торговли водкой в специализированных магазинах вдали от школ. Как говорят, гора родила мышь. Работа Коммунистической партии, общественности и государства по искоренению пьян-ства, по оценке президента Международной академии трезвости А.Н. Маюрова, спасла как минимум полмиллиона человек. Согласно статистике, снизилась смертность и увеличилась рождаемость, причём значительно. Продолжительность жизни достигла 70 лет, преступность упала на 25%, число прогулов — на 35%, производственный травматизм — на 20%. Впечатляющие результаты! В ЦК КПСС тысячами поступали письма граждан с просьбами, требованиями продолжать борьбу с пьянством. Нельзя отрицать, что в ходе искоренения пьянства были допущены и ошибки. Имели место запретительство, кампанейщина, распространилось самогоноварение, возникли большие очереди за водкой, правда, как известно, не являющейся продуктом питания первой необходимости. Однако ошибки исправлялись. В итоге при Советской власти счёт алкоголиков вёлся на десятки тысяч, а сейчас, в условиях капитализма, — на миллионы. Пьянство приобрело характер нашествия, эпидемии. Правительство крупной буржуазии не заинтересовано в том, чтобы покончить с алкоголизацией общества, вывести страну на путь оздоровления народа. С помощью алкоголя оно отвлекает людей от борьбы с антинародной политикой, получая огромные барыши. Каждый, кто активно боролся в ту пору за трезвый образ жизни, может этим гордиться. Главное — реальное сбережение и умножение нашего народа. |
По путинскому Сеньке и шапка
- Информация о материале
- Автор: Пресс-служба Якутского рескома КПРФ
- Категория: В России
По путинскому Сеньке и шапка.
В рейтинге лучших стран для ведения бизнеса Россия на 108-м месте - ниже Руанды
По словам Каневского, улучшить положение могло бы стать, например, освобождение от налогов старт-ап-проектов, что привлекло бы в малый и средний бизнес новых игроков: «Мы прекрасно понимаем государство, что нужно как-то закрывать бюджетные статьи, но в долгосрочной перспективе это путь в никуда, потому что именно по сбору налогов во всех государствах по всем видам статистики малый и средний бизнес — это основная часть населения, которое платит налоги. У нас еле-еле 25% субъектов заняты в малом бизнесе. В общем, сегодня климат для начала ведения бизнеса в России оставляет желать лучшего».
Мииринэйгэ сыана ыараата
- Информация о материале
- Автор: Пресс-служба Якутского рескома КПРФ
- Категория: В Якутии
Мииринэйгэ сыана ыараата
Дьиэ курдук тииптээх көстүүнэйгэ хонор (өссө атын киһини кытта) буоллаххына, 1 тыһ. төлүүгүн. Дьон долгуйар: баҕар, оптуобус билиэтэ эмиэ ыарыа диэн (билигин 21).
«Орто хамнас» эридьиэстэрэ
- Информация о материале
- Автор: Пресс-служба Якутского рескома КПРФ
- Категория: В Якутии
«Орто хамнас» эридьиэстэрэ
Бэрэсидьиэн этэринэн, Тыа сирин сыла 2013 сылынан түмүктэнэн хаалбакка, XXI үйэҕэ тыа сирин сайдыытын олугун ууруохтаах. Сыл бүтүөр диэри нэһилиэнньэттэн элбэх этии хомуллуохтаах. Бырабыыталыстыба онно олоҕуран, тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын, нэһилиэнньэ туругун барытын сиһилии ырытан, чинчийэн, муус устарга диэри сайдыы бырагырааматын оҥоруохтаах.
Тыаҕа олох таһыма аҥаардас орто хамнаһынан кэмнэммэтэ чахчы. Ол эрээри, үрдүк таһымҥа отчуоттанар суолталаах көрдөрүү быһыытынан бырагыраамаҕа биир сүрүн көрдөрүү буолара буолуо. Оттон, бүгүҥҥү “орто хамнас” өйдөбүлэ киһини сонньутарын бары билэбит. Орто хамнаһы киһи үксэ ылыммат, итэҕэйбэт. Кыаммат дьону кыйахыыр, чунуобунньук соҕуруу элбэҕи отчуоттаан хайҕанар, дьиҥнээх олоххо туох да сыһыана суох сыыппара.Роскомстат дааннайынан, 2012 с. бастакы кыбартаалыгар Саха сиригэр орто хамнас кээмэйэ 35599,7 солк. этэ. Оттон СӨ Госкомстатын 2012 с. тохсунньу-атырдьах ыйдарын дааннайынан, 37285,9 солк. тиийэ үрдээбит. Билбэт киһи маны көрөн “олохторо тупсан абыраммыт да дьон” диэх курдук. Ол эрээри, төһө да элбэхтик «саахар» диэбитиҥ иһин, айаххар минньийэн кэлбэт. Бу дааннайга тирэҕирэн, киин былаас, Арассыыйа хараҕар Саха сирин олохтоохторо бука бары баай курдукпут. Ол иһин араас омук уос-тиис салаһаары хотоҕостуу субуллар буолуохтаах.
Дьиҥэр, бу орто хамнаска биэнсийэлээхтэр, оҕолор, устудьуоннар, үлэтэ суохтар уо.д.а. балачча элбэх киһи киирбэттэр. Холобур, Саха сирин 958,5 (2010 с. биэрэпис) нэһилиэнньэлээҕиттэн, 130,7 тыһыынчата – үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр.
Орто хамнас үрдүк хамнастаах уонна кыра хамнастаах икки ардын суурайан, дьиҥнээх олоҕу көрдөрбөт.
Саха сиригэр сир баайын хостуур тэрилтэлэр орто хамнастара билигин 65 тыһ., оттон т/х-тын үлэһитин ылар хамнаһа – 18 тыһ. Салайар уорганнартан ураты бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэрэ да дуоннаах хамнастара суох. Т/х үлэһитин орто хамнаһа эмиэ сүүрүҥүй, манна чунуобунньук хамнаһа кыбыллан “өрө тэбэн” биэрэр.
Арассыыйаҕа билиҥҥи орто хамнаһа (2012 с. 1 кыб.) 26440 солк. Регионнарынан ыллахха, 30-40 тыһ. орто хамнастаах 4 регион (Саха сирэ, Мурманскай, Камчатка, Петербург), 40-50 тыһ. – 4 (Ханты-Манси, Сахалин, Тюмень, Москуба) бааллар. Оттон Чукотка – 57,8, Ненец АУо – 53,4, Ямал-ненец АУо – 75, 5 тыһ. солк. орто хамнастаахтар. Онтон баһыйар үгүс регион 15-22 тыһ. солк. иһинэн-таһынан олороллор. Кавказка 14-18 тыһ. солк., күүстээх сайдыылаах аатырар Татарстаҥҥа – 20,8, Башкортостаҥҥа – 18,2 тыһ. солк. эрэ орто хамнастаахтар. Дойдуга орто хамнас итинник туруктаах кэмигэр, “Саха сирин тыата дьадаҥытык олорор” диэн кими да итэҕэппэккин. Дойду салалтата биһигини “үчүгэйдик олороллор” диэн кыһаммат. Нуучча националистара «сахалар биһигини супту уулаан байан олороллор” диир буолуохтарын сөп. Табылыыссаҕа көрөргүт курдук, саамай эстибит-быстыбыт диир тыабыт сирин олохтооҕо нуучча сорох уобаластарынааҕар «үчүгэй олохтоох» курдук.
***
Киһи сонньуйуох, 37 тыһ. солк. орто хамнастаах Саха сирэ, 34 тыһ. хамнастаах (2011 с.) Арассыыйа билимин акадьыамыйатыттан да ордук курдук буолан тахсар. Бу күннэргэ РФ үөрэҕин саҥа миниистирэ Д.Ливанов “учуонай преподаватель 20-30 тыһ. солк. ылар буоллаҕына – ол кини мөлтөҕүн туоһута” диэн билим эйгэтигэр улахан айдааны тарта. НТВ суруналыыстара үөрэтэн көрбүттэрэ, Москубаҕа үрдүк үөрэх кыһатын орто хамнаһа 28 тыһ., оттон МГУ доценын хамнаһа 21, профессора 30 тыһ. буолар эбит. Д.Ливанов бу курдук толоостук тыллаһан, дойдуга билим туругун букатын билбэтин көрдөрөр. Ол арҕааҥҥы дойдулар учуонайдара хастыы да тэрилтэҕэ тэҥҥэ үлэлииллэр. Арассыыйаҕа балаһыанньа адьас атын. Балаһыанньа уустугун көрөн, В.Путин быһаас “билим акадьыамыйатын орто хамнаһа 2018 сылга 34-тэн 68 тыһ. диэри буолуоҕа” диэн эрэннэрбитэ.
***
Саас В.Путин Арассыыйа нэһилиэнньэтин 13 %-на, о.э. 18 мөл. киһи, быстар дьадаҥы, хамнас алын таһымыттан кыра дохуоттаах диэн этэн турар. Оттон, дьиҥинэн, Саха сиригэр дьадаҥы дьон ахсаана Арассыыйа орто көрдөрүүтүттэн үрдүк – 18,7 %. Ол аата 180 тыһ. киһи быстар дьадаҥытык олорор. “Дьадаҥы дьон 80 %-нын элбэх оҕолоох ыаллар ылаллар” диэн Ил Түмэҥҥэ алтынньы 24 күнүгэр буолан ааспыт Төгүрүк остуолга этэн тураллар.
Саха сирэ РФ 10 саамай үрдүк хамнастаах бастыҥ регионнарын ортотугар сылдьар диэбиппит. Бу орто хамнас албыныгар «үктэтэн», араас охсууга түбэһиэхпитин, кыһалҕабытын быһаартарбакка хаалыахпытын сөп. Холобур, соҕуруу орто хамнаһы «бэлиитикэ оонньуутугар» туттар буоллулар. М.Топилин РФ Үлэҕэ миниистирэ буолаат, «бүддьүөт эйгэтин сорох үлэһиттэрин, холобур, быраастар, профессордар, преподавателлэр, хамнастара регионнарын орто хамнаһыттан икки төгүл үрдүк буолуохтаах» диэн соругу туруорбута. Төһө да популизмҥа майгынныырын иһин, бу РФ улахан миниистирин этиитэ. Оччотугар 2018 с. Саха сиригэр быраас орто хамнаһа 74 тыһ. солк. буолбатаҕына, регион салалтатын эппиэккэ тардыахтарын сөп буолан тахсыбат дуо?
Балаҕан ыйыгар «Биир Ньыгыл Арассыыйа» салалтата «Үөрэх модернизацията» диэн селекторынан мунньаҕы ыыппыта. Онно кинилэр “учууталлар регион орто хамнаһыттан итэҕэһи ылыа суохтаахтар” диэн ирдэбил хайдах туолан иһэрин көрбүттэрэ. Учуутал хамнаһа Саха сиригэр хайдах 37 тыһ. солк. буолуон сөбүн удумаҕалаан көрүөҕүҥ. Орто хамнас табылыыссатыгар көстөрүн курдук, учуутал орто хамнаһа баай Дьокуускайга, бырамыысыланнай оройуоннарга да 37 тыһ. солк. ырааҕынан тиийбэт. Тыа улуустарыгар 20 тыһ. да тиийбэт. Быраастар биир оннуктар. Судургутук санаатахха, бүддьүөт үлэһитин хамнаһа Саха сирин дохуота эмискэ үрдээтэҕинэ, киинтэн харчы биэрдэхтэринэ, эбэтэр... “оптимизациялаан” киһи бөҕөнү сарбыйдахтарына эрэ эбиллэр кыахтаах. Билигин үөрэх эйгэтигэр эмиэ өрө-таҥнары саамылааһын, сарбыйыы баран эрэр дииллэр. Ити баҕар, киинтэн учуутал хамнаһын үрдэтэр «бэлиитикэ” содула буолуон эмиэ сөп.
Орто хамнас экэниэмикэ салааларынан араастаһыытын көрдөрөөрү, бу аҕыйах улуустары, куораттары, бырамыысыланнай оройуоннары холобурга ыллыбыт (табылыыссаны көр.). Манна орто хамнас диэн аллараа строканы бэйэм түҥэтэн таһаардым. Онтон атын сыыппаралар барыта СӨ Госкомстатын дааннайдара.
Харчы – экэниэмикэ хаана, онон харчы ханна төһөлүү тиксэрин “орто” көрдөрүүнэн буолбакка, чуолкай билэрбит наада. Оччотугар эрэ Тыа сирин сыла кэлэр сылларга сайдыыны түстүүр тосхоло оҥоһуллуо. Арассыыйаҕа дохуот араастаһыытын аахпыттар. Нэһилиэнньэ 10 %-нын ылар баай дьоҥҥо уопсай дохуот 29,7 %-на; 10 % саамай дьадаҥы дьоҥҥо – 2 %-на тиксэр. Баай, дьадаҥы диэн арахсыы дириҥээн иһэрэ бу табылыыссаҕа эмиэ көстөр.
Улуустарынан ылан көрдөххө, арыый обургу хамнаһы тыа сиригэр үп, салалта эйгэтин үлэһиттэрэ, тутуу, уот, гаас, уу ситимин үлэһиттэрэ ылаллар. Манна бэрт аҕыйах киһи үлэлиирин бэркэ билэбит.
***
Билигин сорох эспиэрдэр Арассыыйаҕа “дьадайыы таһымын” атыннык уларытан көрөрү туруорсаллар. Кинилэр “ити билигин дьадаҥы дэнэр дьон, дьиҥинэн, букатын быстар дьадаҥылар” дииллэр. Арассыыйаҕа олох алын таһымын кээмэйэ кэлэр сылга 6,1 тыһ. буолуохтаах. Саха сиригэр 2012 с. 2 аҥаарыгар 10354 солк. тэҥнэһэр.
Атын дойдуларга, “орто хамнас, олох алын таһыма” диэн оннугар “ыал уопсастыба таһымынан тиийинэн олорор дохуота” (The minimum income standard (MIS) study) диэн өйдөбүлү тутталлар. “Джозеф Роунтри пуондата” диэн аһымал тэрилтэтэ 2008 с. аахпытынан, Англияҕа икки оҕолоох ыал тиийинэн олороругар сылга 36800 фунта (57 тыһ. дуоллар – 1,7 мөл. солк.) наада эбит.
Бу икки көрдөрүүлэр тус-туһунан өйдөбүллээхтэр. Биһиэнинэн дьадаҥыга бэриллэр харчы, Англияҕа – уопсастыба дьоһуннаах олохтоох буоларыгар дьулуһар индикатор.
Киһи орто дойдуга сүрүн анала – олох олоруу, оҕо төрөтөн-иитэн туһалаах киһини оҥоруу. Онон Ил Түмэн өрөспүүбүлүкэбитигэр итиннэ маарынныыр олохпутун сааһылыыр, үчүгэй олоххо дьулуһар индикатор олохтуура омнуо буолуо суох этэ. “Орто хамнаһы” тумулук туттан бүтүөх баара. Холобур, “Саха сирин икки оҕолоох ыала ыйдааҕы дохуота, ипотеканы, кирэдьиити, оҕо иитиитин, таҥаһы-сабы, малы-салы ылынарын учуоттаан туран, 130-150 тыһ. солк. буоларын ситиһиэхтээхпит” диэн уопсастыбаҕа сорук туруорар хайдах буолуой? 20 сылы быһа «дьадаҥыны иитэн» кэллибит. Ол түмүгэр билигин тыабыт сирэ өтөхсүйэн бүтэн эрэр. Орто хамнас оннугар биэстии тыһыынчанан наардаан, нэһилиэнньэни хас да категорияҕа араардахха дьиҥнээх олох таһыма көстөн тахсан кэлиэ этэ. Оччотугар харчы хонтуруола, туох иһин эппиэтинэс ирдэнэрэ, ханна үлэ миэстэтэ тэриллиэхтээҕэ барыта чуолкай көстүө этэ.
Ыччат куоракка талаһара өйдөнөр. Хамнас үрдүк, үүнэр-сайдар кыах баар курдук. Билигин тыа дьоно бары кэриэтэ оҕолорун куоракка олохтуу, дьиэлии сатыыр кыһалҕалаахтар. “Спрос” улахан буолан, ол аайы дьиэ-уот, куортам сыаната үрдүү турар. Ол түмүгэр, тыа дьонун үгүс бырыһыана баан хабалатыгар батыллан олорор. Тыа сиригэр барар т/х көрүллэр харчы, учуутал-быраас хамнаһа барыта кэриэтэ Дьокуускай куоракка “төннөн”, тутууга үлэлиир туора омук дьонун хамнастыыр буолбатах дуо? Харчыта суох ыччат үчүгэйдик аһаабакка-таҥныбакка доруобуйатын, кэскилин кэбирэтэр. Итинник балаһыанньа уларыйбатаҕына, харчы сүүрүгэ тыа олоҕун таһымын үрдэтэ хаалбатаҕына, – саха норуотун кыһалҕата дириҥиир туруктаах.
***
Бэрэсидьиэн ыйааҕын тыа дьоно улаханнык эрэнэ иһиттэ, ылынна. Тыа сирин сыла кэлэр сайдыы олугун охсуохтаах, дьон өйдүүр, дьулуһар, итэҕэйэр, «тойоттор уочараттаах албыннара» дэммэт гына оҥоһуллуохтаах. Бу ыйаах тыа дьонугар эрэ буолбакка, бүттүүн саха норуотун дьылҕатыгар улахан суолталаах. Ону мүлчү туппаппыт ирдэнэр.
Улуустарынан орто хамнас (2011 с. тохсунньу-ахсынньы)
Дьокуускай | Нерюн-гри | Чурапчы | Эбээн Бытантай | Усуйаа- на | Сунтаар | Хаҥалас | Мииринэй | Мэҥэ-Хаҥалас | Горнай | Үөһээ Бүлүү | |
1. Тыа хаһаайыстыбата 2. Оҥорор произв. 3. Эл/энергия, гаас, уу оҥорууута 4. Тутуу 5. Атыы-эргиэн 6.Гостиница, ресторан 7.Транспорт, сибээс 8. Үп эйгэтэ 9. Хамнаабат баайынан дьарыктаныы, аренда,өҥө 10. Гос. салайыы, соцстрах 11. Үөрэх 12. Доруобуйа харыстабыла, социальнай өҥөлөр 13. Хомунаалынай, социальнай, персональнай, атын өҥө 14. Сир баайын хостооһун 15. Таска бэринэр тэрилтэлэр 16. Балыктааһын, балыгы үөскэтии | 24814.8 27237.3 43461.1 34007.1 26661.7 21925.1 41579.5 64290.3 37317.5 46676.8 27221.7 24997.5 21929.9 83071.9 25833.3 - | 14026.1 35633.9 43581.6 48992.1 20554 11378.8 53269.4 40686 32096.2 38929.8 23093.9 21785.3 24354.1 47820.4 - - | 17253 14558.2 16403.6 - 16637.2 13695.2 19833.6 56091.1 21034.2 30242.9 17901.1 17384.4 12888.2 - - - | 8646.1 18444.4 24345.5 - 14951.9 - 27015.5 - 29291.7 38462.2 16044 19654.9 13981.8 - - - | 8609.1 26071.2 34588.5 - 25558.4 - 33364 151054.2 28541 42357.4 22767.2 25486.7 14203.7 - - 9139.4 | 12568.8 9673.8 21789.6 69869.1 18215.3 39025 21811.7 42813.4 32343 31965.8 17615.3 18630.7 12472.3 22610.1 - - | 16319.1 29959.2 20669.8 30212.8 21336.3 29907.4 22468.4 36832.2 21910.9 35543.3 18479.1 19811.3 14594.1 35369.6 - - | 32543.4 53353.8 46453.2 59072.1 48737.2 34394.7 59776.3 61416.9 48022.5 48328.7 30709.9 31399.8 32938.3 70650.9 - 19689.2 | 11425.4 12688.3 15562 33291.8 19137.9 14206.9 22288.7 39466.2 21615.6 34862 17680 19389.9 12768.4 - - - | 17506.1 9711.4 19035.6 - 17950.3 - 29289.1 69877.2 23197.3 31234.9 16445.3 18767.6 13235.1 - - - | 18429.6 11917.1 17889.9 20178 15855 10350 19776.9 40031.6 33780.7 32160.9 18200.7 18366.2 12198.6 - - - |
Орто хамнас уопсайа | 36735 | 32568,7 | 21160.2 | 21083,8 | 34145 | 26529 | 25243,8 | 45165,8 | 21106,4 | 24204,5 | 20702,7 |